Дьиэ-кэргэн нэдиэлэтэ.
- mattaschool
- 4 июн. 2019 г.
- 1 мин. чтения
Обновлено: 26 июн. 2019 г.
Ыам ыйын 13 күнүттэн 18 күнүгэр дылы дьиэ-кэргэн нэдиэлэтэ ыытылынна. Нэдиэлэ чэрчитинэн араас тэрээһиннэр буоллуллар. Ол курдук алын сүһүөх үөрэнээччилэрин икки ардыгар ыытыллыбыт “Ааҕар дьиэ-кэргэн” күрэххэ 1 кылаас үөрэнээччитэ Трифонов Толя ийэтинээн Ирина Егоровналыын кыайыылаах буоллуллар. “Ийэм, аҕам уонна мин спортивнай дьиэ-кэргэн” күрэххэ Алетта, Иванна Ивановна, Альберт Лазаревич Даниловтар дьиэ-кэргэн бастаата. Ону таһынан “Оҕо муннугун көрүү” күрэх ыытыллыбытыгар алта ыал кытынна.Түмүккэ Сардана Петровна, Валерий Дмитриевич Гоголевтар эдэр ыал бастаата. Салҕыы дьиэ-кэргэн проегын оҥорууга Светлана Ивановна, Николай Николаевич Андросовтар дьиэ-кэргэн бастыҥнарынан ааттаннылар. Нэдиэлэни түмүктээн “Ийэ дьиэ-кэргэн аанньала” тэрээһин ыытылынна. Коллектив эдэр учууталлара көхтөөх кыттыыны ыллыллар.
Comments